реклама
Бургер менюБургер меню

Венера Петрова – Таайбараҥ (страница 4)

18

Дьоло эрэ, соро эрэ – таптал буолла да толуктаах, соһуччу өттүнэн содуллаах. Сүүрбэччэ сыл тухары кини таах сылдьыбыт үһү дуо, санаатыгар, таптаан бөҕө. Биир бииринэн солбуллан, саҥанан сотуллан иһэрэ. Бары үтүктүспүттүү туман быыһыгар сүппүттэрэ. Кинигэҕэ, киинэҕэ баар тапталы итэҕэйэр буоллахха, кини киэнэ таах суоҕунааҕар эрэ диэбит курдук буолан тахсар. Оттон бу сырыыга? Атын, сонун, соһуччу дии. Киниэнэ кэм да түргэн, аныгылыы сиэринэн омуннаах соҕус. Тугу эмиэ бытаардан, кыыс оҕолуу онон-манан эргитэн.

Айыыда өйдөөн көрбөтө да бэрт ээ. Сирэйигэр сурулла сылдьыбата буолуо дуо – тапталга таарыллан талбаарбыта. Кини биирдэ баҕас кистэлэҥнэннэҕэ дии. Онтун бэйэтэ эрэ бүөбэйдээн, иһигэр иитэн өр да өр илдьэ сылдьыа.

– Болуодьа сатаабата диэн суох. Ойоҕор олох тугу да гыннарбат этэ. Тилэҕин кытары массажтаан биэрэрэ үһү. Сорох эрэ мастыйан эрэр бэйэбин массажтаан эппэт ини, – Мира сол да Болуодьаны хайҕыы турар эбит.

Аһара үчүгэйтэн сэрэнэр куолута. Наака, кимий ол Болуодьа диэн?

Саҥа дьыл бу кэлбитэ биллэр. Мичээр минньийэр, халлаан кытары сылыйар – аптаах түгэн тугу, дьэ, тосхойор? Анна Афанасьевна дьиэтигэр чугаһаатаҕын аайы кыра-кыралаан дьүһүн кубулуйарга дылы. Хаҕа, куйаҕа суйданан, кини – көннөрү Анна, онтон Аня, сотору Аанчык дэнэрэ буолуо. Кинини ким эрэ күүтэр. Кини… Сүүрбэччэ сыллааҕы эргийбэтин эргийбэт да, син биир үчүгэй. Өссө ордук үчүгэй. Былыр кини уларсык, кыттыгас доҕор эбит буоллаҕына, билигин киниэнэ эрэ. Ити, дьиҥинэн, албыннаныы. Эр киһи диэн куруук уларсык. Сыһыан саарбах – бүгүн баар, сарсын суох. Таптал диэн субу баар түгэн. Таптыырга сарсын диэн суох. Биир түгэни эрэ мүччү тутумуохха, баарынан сөп буолуохха. Алыс элбэҕи эрэйиминэ, аптаах түгэн хос-хос дириҥэр тимириэххэ. Тирэҕэ суох, эрэлэ суох… Хас түгэн бүтэһигин курдук уохтаахтык, эмиэ да улгумнук, эмиэ да хорсуннук хаһан да умуллуо суохтуу умайыахха. Бэйиэтимсийээри гынна дии. Анна Афанасьевна дуо бу – үс этээһи билбэккэ сүүрэн тахсыбыт эдэрчи дьахтар. Түүҥҥү симиэнэ, куорат бүппэт түрүлүөнэ атын аан дойдуга хаалбыта. Истиҥ мичээр, тэтэрбит им, сэгэйбит уос киһини тупсарар да эбит.

– Аанчык?

– Мин!

Өссө биир бүтэһик түгэн дьол буолан кубулунна.

– Урут хайдах этэй диигиин? Кини тула сир эргийэр этэ.

Бэйэтигэр бэйэтэ дуу, ким дуу соҥнообут өйдөбүллэринэн кэлгиллибит Айыыда сөллөн бараары гынна. Хата, бу үчүгэй буолаарай. Маайка бэйэтин кистэлэҥин ыраах утааран, атын дьон алҕаска сэгэс гыммыт аан дойдутугар дьулуста.

Кини «тоһуппатах» кыыһа диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Кыыс диэн, сиппит, оннуларын булбут дьахталлар ити оҕоҕо абылаппыттарын билбэккэ да хаалаллара. Туох дьикти күүһэ быыкаа уолга уйаламмытын таайа сатаан эрэйдэнэллэрэ. Дьахтар өйүн сүүйэр, хараҕын баайар, хараарчы иирдэр ньыманы алыс эрдэ билэн кэбиспит уол, бииринэн-иккинэн сөп буолууһу дуо, үөһүгэр киирэн испитэ. Быһа тиийэр суолу билэрин оҕото сыттаҕа. Хас акаары сүрэҕин күлүүһүн тылын апчарыйан баран сүтэрбитин ким аахпыта баарай, бэйэтэ да билбэт ини. Таах да, кэпсэнэрэ диэн бэйэтин киэнэ. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук үлүгэрэ. Айыыда да ол «дьолтон» маппатаҕа. Саҥа умайан иһэн туораан биэрэн, хата, улаханнык оҕустарбатаҕа. Миэнэ диэбит киһитэ өссө кимиэнэ эрэ буоларын аһаҕастык араатардыырын, өрүү кэлиэ-кэлимиэ биллибэтин, саарбаҕын, албынын син тулуйбахтаабыта. Уол оонньуутугар сөп түбэһэн, хардатыгар бэйэтин албынныан ол өттүгэр уопута суоҕа. Кини оччолорго уон сэттэлээх эрэ кыыс этэ. Былдьаһыктаах Болуодьата киниттэн ураты өссө хайа эрэ Аанчыктыын сылдьарын билэрэ. Ону кытары эйэлэһэригэр тиийэрэ. Аанчык эрэ буолбатаҕын билэн эрэ баран, сүрэҕэр ыттарбыта. Ама да Болуодьа сырыылааҕын иһин, аһара дии. Кыргыттар даҕаны ити уолга эрэ иилистэр баҕайыларый, атыыр уонна суоҕар дылы. Айыыда төһө өр оннук эйэлэһэн сылдьыа эбитэ буолла – Аанчык, аһаралаан, уолуттан маппыта. Сэмэйэ бэрт буоллаҕа. Өссө ол саамай сытыырхайа сылдьыбыт кэмэ этэ. Аанчык туһунан истэн эрэ билэрэ. Болуодьа кэпсээниттэн. Айыыда курдук сэмэй кыргыттары ордорор ааттаах, киирбит-тахсыбыт, бэлиэр сырыылардаах Аанчыгын тылынан сиилиирэ да бара турара. Айыыдаҕа суох Аанчыкка, ол кыыска суох Айыыдаҕа баара эбитэ буолуо. Дьиҥэр, Болуодьа эҥкилэ суоҕу көрдөөн, кыыс бөҕөнү сыымайдаатаҕа. Үгүстэн биир үчүгэйи сүүрдээн ылаары. Бүтэр уһугар кыыс барыта биир аатырдаҕа. Үчүгэй үлтүркэйдэрин холбуу туттахха, таптал дьикти мозаиката таҥыллан тахсыа дии саныыра буолуо. Бары-барыта бытаан, биир кэм биир бүрүйэн турар бириэмэтигэр чуо кини эрдэ сайдан эрэйи көрдөҕө. Ол да иһин атын кэм киһитин курдук көстөрө. Болуодьалар билигин, арай, элбэхтэр. Атын өттүнэн сайдыбыт Болуодьа, таптал диэн мозаика буолбатаҕын, биир үлтүркэй эмискэ үгүс өҥүнэн үрүт-үөһэ оонньоон бүтүн мозаиканы солбуйарын билиэ өссө эрдэ этэ. Дьиҥинэн, ким даҕаны таба таайар кыаҕа суох – үлтүркэйдэртэн хайата биир үтүө күн күндү таас курдук күлүмүрдүү кыыһыаҕын. Кэлин уһугар Айыыдаҕа тиксибит үлтүркэй өйүгэр эрэ оҥорон көрөр мозаикатын сорҕото эрэ буоларын билиниэхчэ билиммэт. Үгүстэн үчүгэйин, араастан астыгын талан ылар быраап болуодьаларга эрэ бэриллэр. Айыыдалар, миирэлэр баарынан сөп буоларга ананнахтара.

Арай, Маайка олоҕурбут сиэри соҕотоҕун утаран, үлүһүйүүттэн үлүһүйүүнэн олорор. Үрүт-үөһэ үлтүркэйи сыбаан таҥмыт мозаиката иирбит худуоһунньук айбыт иэмэ-дьаама биллибэт хартыынатын санатар.

Анна Афанасьевна барытын сөрү-сөпкө оҥоро сатыыр. Умна быһыытыйбыт оонньуута өҥө-дьүһүнэ суох олоҕун эмиэ да курус тыынныыр, эмиэ да дьоллуур. Сэрэх дьол, сэмэй дьол төһө уһуой, тугу толук көрдүөй? Эйэҕэстэй сэгэригэр эрэниэн баҕарар да, урукку умнуллубат эбит. Ким эрэ эрэ буола сылдьан дьүһүн кубулуйбута аахсыллыбат. Киһи ис сүрүнэ өҕүллүбэт. Иһийэн сылдьар иҥэ-дьаҥа хаһан эрэ төлө барыа буоллаҕа.

– Иирбэтэх эрэ киһи. Иккиһин…

Ол эрэ мэһэйдиир. Саарбахтыыр санаа аалар да аалар, субу баар дьолу тула өттүттэн кэрбиир. Сүрэх сүгүннүө суоҕун өй араарыллыбакка, кини өссө да бу дойду бороҥ олоҕуттан тэйэ илик эбит. Эмиэ сыыһа туттан, түҥ-таҥ тыллаһан киһитин үргүтэн кэбиһиэ. Ол өттүгэр кинилэр иккиэн да уларыйбатахтар. Этиһэ түһэн баран эйэлэһэллэр, тэйсэн иһэн төннөллөр. Онон саатаан, сыһыан биир тэҥин саҥардаллар. Оннук түгэннэргэ Аанчык эмиэ уон сэттэлээх, киһитэ эмиэ уон тоҕустаах курдук сананан ылаллар. Ойоҕун кытары дьон тэҥинэн олорбуттар үһү ээ. Эриэ-дэхситик, эйэлээхтик. Киниэхэ тигистэ да уруккутугар төннүөх муҥа дуу? Эрэй эмиэ эргийиэ дуо? Аанчык киһитин билиҥҥи бэйэтин атыҥырыыр. Уруккута ордук күндү дии сыһыахча. Иннэ-кэннэ биллибэт, уларсык, быстах эрээри уон оччонон омуннаах таптал дуу, субу билиҥҥитэ дуу – ол туһунан санаабат буола сатыыр. Эдэр эрдэҕинээҕиҥ хайдаҕын да иһин күндү. Уонна оччолорго аан маҥнай таптаабыта. Ааспыт иһигэр оннун булбут сыһыан тиллэрэ хайдах эрэ. Син биир тэҥнии тутаҕын. Уруккуну, билиҥҥини. Киһитэ – барар-кэлэр сирэ суох буолан дуу, дьахтарын кыһытаары дуу – киниэхэ төннүбүтүн билиниэхчэ билиммэт. Кэм да бэйэтин албыннана сатыыр. Кэһэйбэтэххэ дылы. Сити баар – үчүгэйи үргүтээри гынна. Уруккуну умун, сарсыҥыны санаама. Дьол диэн субу баар, билигин эрэ. Куруук диэн кураанах, мэлдьи диэн мэнээк, үйэлээх диэн үһүйээн. Арай, ити киһитэ эдэригэр мэлдьи бииргэ буолуом диэн кыыс аайы андаҕайара. Онто ханна баарый? Эргиир диэн баара дуу – туох барыта эргийэ, төннө турар эбит.

Сып-сап, сыыһа-халты – бу дуо, ыралаан байбыт ырайа? Уһун тыыннаах, омуннаах уол сыта да суох. Пластилин дии-дии аһара эллээн, атынын кытары саба баттаан кэбиспиттэр быһыылаах. Оччолорго Аанчыкка айака курдуга. Уолугар эрэ бэрт буолаары куотуммат этэ. Сөп түбэһэ сатыыра. Алыс эрдэ сайдыбыты хаһан ситээри… Дьэ билигин этэ буо, хайа муҥун, кини да ыанньыйдаҕа, санаа хоту сайыннаҕа. Онно кэлэн, эр киһитэ мөлтөөн биэрдэҕэ. Кэм да барыта биирдэ кэлбэт. Үчүгэйэ үксээбит атын дьоҕура суйдаммыт, кыаҕа кыйдаммыт. Инньэ диэбэт быһыылаах, бэйэтин билинэрэ билигин да баар. Киһитин кириитикэлээн өлүө дуо, билигин аны атыннык сөп түбэһэр.

– Саҥа дьыл бу кэллэ.

Күлүккэ сытааччыбыт саҥалаах эбит дуу. Урут ньылыбыратан биир тыынынан кутан кэбиһэрэ. Истэн эрэ кэбиһиллэрэ, үксүн өйдөөбөтөр да. Кини эдэригэр былдьырытыҥы этэ. Эллииллэригэр, таарыйа, ол итэҕэһин кытары көннөрбүттэр быһыылаах.

– Уой, мин тугум да бэлэмэ суох. Һуу, хата, отут биирискэ дьуһуурустубам буолбатах, – Анна Афанасьевна аралдьыйарыгар тиийэр.

– Оттон бастакыга? Үлэҥ күнэ дии.

– Үргүлдьү сылдьыллыа буо.

– Эн бөх… ээ, сах, милииссийэ буолбутуҥ өйбөр баппат.

– Милииссийэ да киһи.

– Наһаа үчүгэй киһи.

Урут имэҥнээх бэйэтэ аны имэрийэр эрэ. Ол да туох куһаҕаннаах үһү. Ити хайдахтаах дьахтар түбэһэн, бу оройунан көрбүт уолу олох чычаас, иитийэх оҥорбута буолуой? Анна Афанасьевна ыххайыа дуо, кэмэ кэллэҕинэ бэйэтэ быктарар ини. Ойоҕун туһунан санаата да хайдах эрэ буолар.

– Оҕом эрэйдээх. Наһаа да аҕынным.

Сити баар, санаатынан собуоттаата быһыылаах.

– Киһи, дьиҥэр, оҕо туһугар олорор.

Ити дьахтарга ыарыылаахтык иһиллиэ диэн өйдүүр аат суох. Анна Афанасьевна да оҕолонуон баҕарбатах үһү дуо. Өскө өйө бааллыбатаҕа буоллар, кини инньэ сүүрбэччэлээх кыыстаах дуу, уоллаах дуу буолуо этэ. Сүүрбэччэлээх… Төлкөлөөх саас кэннинээҕи саас. Үөмэн кэлбит үчүгэйи үргүттэҕэ ити. Дьахтар иһигэр эмиэ туох эрэ иитиллэн барда.