реклама
Бургер менюБургер меню

Венера Петрова – Уонна быыс сүтэрин тыыммакка маныыбын… (страница 3)

18

Үчүгэйин

Үүйэн биэрэн

Үксэппэтэх,

Сатаҕайын

Санаабынан

Самаабатах

Тулабыттан

Тутан хаалар

Тугум да суох,

Үтүмэнтэн

Үктээн ылар

Үтүөм диэн суох.

Төлө көппүт

Түгэннэрбин

Төннөрбөппүн,

Элэс гыммыт

Эгэлгэбин

Эргиппэппин.

***

Кумахха кумах кутуллар,

Куйаарга суолум суруллар.

Саҕахха тиийэ субуллар,

Тыалырдар тута сотуллар.

Саҕахтыын халлаан силбэһэр,

Кинилиин бүөмнээн сипсиһэр.

Харахпын онно хатыыбын,

Ханыыбын хантан булабын.

Суруллар суолу бутуйар

Тыаллары сырсан көрөбүн,

Кырыллар кэми эргийэр

Тыллары тиһэн эрэбин.

Тылынан тикпит кэмим

Ойуу эрэ.

Тыалынан айбыт ырыам

Хайдах эрэ.

***

Салгынтан саҕыллар

Санааны сайыстым,

Атынтан ааҕыллар

Албыны айыстым.

Төлкөбөр суох дьолу

Төлөөммүн төннөрдүм,

Олохпор суох суолу

Оонньоон мин оҥордум.

Көстүбэт мин дьолум

Кими да үөрдүбэт,

Кистэлэҥ санаабын

Кимиэхэ да эппэт…

***

Көстүү аны көтүппэт,

Көстөр өҥө көҕүппэ

Ол да буоллар салгыппат,

Олох күүһэ син бүппэт.

Даҕайбакка дуоһуйан

Дьоллонору айабын,

Таарыйбакка да таптаан

Талбаарары таайабын.

Көннөрүттэн да сылтаан

Көнньүөрэри билэбин,

Бытархайтан да сатаан

Бэлиэлэри булабын.

Бүтэһиктээх бүгүҥҥү

Бүччүмүгэр бүгэбин,

Самалыктаах сайыҥҥы

Салгыныгар саһабын.