Филатова-Сыгыйык Елена Афанасьевна
Хомурахха хоммут хоһооннор
«Мин, түлэй түүн ыалдьыта…»
Мин, түлэй түүн ыалдьыта,
Хомуһуннаах тыл хоноһото,
Атын эйгэ туора ырыаһыта,
Иэйии ыарыылаах дьахтара
буолабын.
Сир ийэ көстүбэт сииктэрин
Сытыы иннэлээх иистэнньэҥэ,
Үс дойду кичим кистэлэҥин
Күлүүһэ суох харабыла
буолабын.
Уулаах харахтаах одуулаабат
Инчэҕэй илиилээх туппат,
Сарымтах таҥастаах чугаһаабат
Соргулаах аартык доҕуһуолдьута
буолабын.
Сай барар салгын илгиэрдээх,
Суй гынар түргэн иэйиилээх,
Муус тыыннаах, итии сүрэхтээх,
Моһуок идэлээх суруксут
буолабын.
Муммут дууһа
Күндэлэс уоттаах түннүктэр
Көһүтэллэр дуо миигин,
Сылаас чэйдээх остуоллар
Ыҥыраллар дуо миигин?
Хараҥа кууспут далайыттан
Халты туттар буолуом дуо,
Эрэл угуйар кыымыттан
Эмэх бэйэм умайыам дуо?
Сору суорар олохпор
Соргу күнүн көрүөм дуо,
Аньыым аалар муҥуттан,
Айыым кутун тутуом дуо?
Муммут дууһам кыаһыта
Муннук чэҥэ ууллуо дуо,
Маннык ыарык кыһалҕа
Мүччү баран түһүө дуо?
«Түлэй хара түүн…»
Түлэй хара түүн
Хараҥалыын силбэнэн,
Тулам бүрэ күлүгэр
Холбоһобун кумунан.
Ый эрэ ытыһын таһынар,
Ыт эрэ улуйан хантайар,
Мин эрэ иһийэн сыһыйар
Чох хара түүнэ уһунуон…
«Саарбах санаа…»
Саарбах санаа
Сэбирдэҕэр олорсон,
Хахсаат тыал
Холоругар ытыллан,
Тыллыбыт умнастан
Туура тутуллан,
Умнуллубут ыллыкка
Умса түһэр ынырыгыан…
Кылгас санаа
Кыымыгар кыбыллан,
Күлүмнүү умайар
Көмүлүөк түөһүттэн
Кыырайа көтөн
Кытара түһээт,
Балаҕан буоругар
Умуллан хаалар ынырыгыан…