18+
реклама
18+
Бургер менюБургер меню

Дмитрий Колесов – Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба (страница 4)

18

– Уйбаан, эйиэхэ кэриэс тылы этээрибин ыҥыртарбытым. Өр сылларга сүрэхпэр ыар ыарыы оҥостон сылдьыбыт санаабын. Улахан көрдөһүүлээхпин, – диэбитэ.

Лойут онуоха улаханнык долгуйан баран, холкутуйа сатаабыта.

– Мачыана, миэхэ туох этэрдээххин барытын эт. Мин тулуйан истэ сатыам.

– Уйбаан, эйигин олус таптыырым, ол бэйэм оҕобут суоҕуттан мунааран, үйэҕэ өһүллүбэт ыар буруйу оҥостубутум. Эн тапталгын таҥнарбытым. Ону билигин өлөр күммэр бырастыы гынаргар көрдөһөбүн. Ийэ буолуохпун баҕаран… Онтон ийэ буолан, оҕолоох ыал аатыран да баран, син биир эйиэхэ курдаттыы тартара сылдьыбытым. Адьас таптаабат киһини кытта олоруу – сор олох буолар эбит. Мин эйигин ахтан-санаан төһөлөөхтүк эрэйдэммитим буолуой?! Уһун түүннэргэ утуйбакка ытаан, икки хараҕым уутунан суунарым. Ону барытын айбыт таҥара билэн турдаҕа. Итиниэхэ барытыгар бэйэбин буруйданабын. Бэйэм оҥостубут аньыыбар күн сирин үтүө олоҕун олорбокко өлөн эрэбин, – диэт, бөтөн ыла-ыла ытаан барбыта.

– Мин эмиэ эйигин олус саныырым. Кыыһырбычча үүрэн баран, кэнники эйигин ахтан олус эрэйдэммитим. Аһыыр аһым амтана суоҕа, бэйэбин мөҕүттэн муҥнанарым. Эн оччолорго оҕолору Дьаакыптаахтан ылан ииттэргэ эппиккин, ону аккаастаабыппын кэнники кэмсиммитим иһин, хайыам баарай? Хойут тулуйбакка, тупсуһан, төттөрү көһөрөн аҕалыахпын саныы сырыттахпына, оҕоломмут этиҥ. «Ыал ийэтин аймыы сылдьыам дуо? Оҕоҕо баҕарар этэ, дьолун буллаҕа» дии санаабытым. Ол эрээри ити санаам сымыйа этэ. Син биир эйигин түүн түһээн көрсөрүм, уһуктан олус хомойорум. Онон, төһө да мунчаардарбын, бэйэм кэргэннэнэргэ санаммытым. Дьадаҥы ыал кыыһын, бэйэбиттэн уон икки сыл балыс саастааҕы ойох ылбытым. Олус эйэлээхтик олоробут да, эмиэ оҕо төрөөбөтө, онон дьоло суохпут. Били эн эппиккин өрүү өйдүүр этим, быраатым Дьаакыптан уоллаах кыыс оҕону ылан иитэн улаатыннарбыппыт. Ситэри дьоло суох эбиппит, били, өйдүүр инигин, дьиэбит аннынааҕы сиэн тамаҕын. Оҕолорбут онно сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Дьэ, санаан көрдөххө, ынырык суол – кэннигэ хаалар кэнчээри ыччат суоҕа. Аан дойдуга олох олорботох кэриэтэ… Дьэ, Мачыана, сылайдыҥ буолуо. Сыттыккын көннөрөн биэриим, – диэбитэ Лойут долгуйбут куолаһынан, онтон төбөтүн имэрийэн баран: – Дьэ, доҕоччуок, миигиттэн ыар санаа ындыылаах барыма. Мин ис санаабын эйиэхэ кэпсээтим… Бастаан мин бэйэбин буруйданыахтаах эбиппин, оҕобут суоҕар… Ааспыт төннүбэт, арай эйигин күн сиригэр тыыннааҕым тухары күндүтүк саныам, хаһан да умнуом суоҕа. Итиэннэ эйиэхэ биири этэбин: бачча кэлэн баран, эйигин уҥуох тутан, харайан барыам диэн санаан олоробун.

Онуоха Мачыана оргууй аҕай саҥарбыта:

– Кыыһым Кэтириис чугас баар буоллаҕына, манна аттыбар кэллин эрэ.

Кэтириис үгэх ороҥҥо муннукка кирийэн олорон, кинилэр кэпсэтэллэрин кистээн истэн, олус долгуйбута: «Ийэм эрэйдээх урукку тапталлааҕа ити киһи эбит. Билигин да аҕабынааҕар ордук таптыы сылдьар эбит». Төһө да кыбыһыннар, үгэхтэн тахсан, ийэтин аттыгар кэлбитэ. Мачыана ону көрөн оргууй аҕай, сынньана-сынньана, эппитэ:

– Кэтириис, эн улахан киһигин, ытаама. Мин күн сириттэн букатын баран эрэбин. Убайыҥ кэллэҕинэ, этээр: миигин үйэлээх сааһым тухары сүрэхпэр таптал оҥостон илдьэ сылдьыбыт урукку кэргэним Уйбаан бэйэтэ харайыах, көмүөх буолар. Онуоха улахан үөрүүлээх өлөн эрэбин. Көмүллэрбэр эһиги убайгынаан көмөлөһөөрүҥ. Оттон аҕаҕыт миэхэ чугаһаабатын. Мин кинини таптаабат этим. Оччоҕо алҕас олугу үктээбитим… Онон дьиҥнээх тапталы билбэккэ, көрүнньүк олоҕу олорон аастым. Ол иһин оҕолорбор эһиэхэ кэриэс этэбин – маҥнайгы ыраас тапталгытын киртитимэҥ, үйэлээх сааскытыгар харыстааҥ диэн.

– Мачыана, мин эйигин дьиэбэр илдьэн, били маҥнайгы саас буолбутугар «сибэккилээх үчүгэй да томтор!» диэбит үрдэлгэр көмүөм. Кэнники бэйэм өллөхпүнэ, кэккэлэһиннэри көмнөрүөм этэ. Ону туох дии саныыгын? – диэбитэ Лойут.

Мачыана күүһүн мунньан илиитин ууммута.

– Олус үөрэбин. Кыахтаах буоллаххына, онно, таптыыр сирбэр, уонна бэйэҥ аттыгар көмө илдьэргэр олус баҕарабын, – диэбитэ саҥа олоххо олоро баран эрэр, дьолломмут киһилии.

– Билигин да сүгэр, көтөҕөр кыахтаахпын, онуоха эрэн, көмүс уҥуоххун көтөҕөн, бэйэм дойдубар көмүөм, – диэн эрэннэрбитэ Лойут.

Ити киэһэ харыс да хамсаабакка, Лойут Мачыана аттыгар модьу бэйэтэ нөрүйэн, ыарахан санааҕа ылларан олорбута. Мачыана киэһэлик Бөлгөөнөй хантан эрэ кэлбитин холдьохпута: «Эн бааргына дууһам тахсыбат, кэбэлий!» Онтон Бөлгөөнөй барбытын кэннэ уһаабатаҕа, түүн үөһүгэр тиийбэккэ өлбүтэ. Лойут Мачыана өлүгүн сууйан, таҥыннарбыта. Сарсыарда эрдэ уолу кытта хоруобу оҥорбуттара. Сотору бүтэрэн, Мачыана өлүгүн онно укпуттара. Лойут хоруоптаах киһи өлүгүн сүгэн, сатыы хаама турбута. Кини кэнниттэн Уйбаан уол балтын акка мэҥэстэн айаннаабыта.

Лойут Мачыананы, эппитин-эрэннэрбитин курдук, дьиэтин аттынааҕы томторго көмпүтэ.

VI

Лойут иккис кэргэнин кытта олус эйэлээхтик олорбут. Ол эрээри оҕолоро суоҕуттан улаханнык мунчаараллар эбит. Быраатыттан ылбыт оҕолоро ууга өлбүттэриттэн ыла «таҥара соруйан уоппун салгыыр ыччаты биэрбэт киһитэ эбиппин, онон аны оҕону ылан ииттибэппит» диэн кэргэнигэр эппитэ. Онуоха кэргэнэ да утарсыбатаҕа.

Оҕо сааһыттан ыла сатыы сылдьарга үөрэнэн хаалан, атынан көлөлөнөрү сөбүлээбэт үһү. «Ат баҕайы бытаана уонна күүһэ да кырата бэрт. Мин билигин кыайарым тухары сатыы сылдьарым ордук. Бултаатахпына, булпун биирдэ сүгэн дьиэбэр аҕаллахпына олус үчүгэй курдук» диирэ үһү. Бултуу барарыгар быһахтаах эрэ буолара үһү, онуоха эбии маһынан сэбилэнэн аарыма тайаҕы, адьырҕа эһэни бултуура уонна дьиэтигэр бүттүүн сүгэн аҕалан баран, сүлэн, таҥастаан, астыыра үһү. Сороҕор уонча көстөөх сиртэн тайаҕы дьиэтин таһыгар үүрэн аҕалан, суон маһынан тайах атаҕын тосту охсон биитэр быраҕан охторон баран бултуура дииллэр. Сылга элбэх тайаҕы, кыылы уонна уу балыгын бултаан быраатын аахха көмөлөһөрө үһү. Дьаакып сэттэ оҕолоох буолан тиийиммэт эбит, онуоха куруук булдун аҥаарын биэрэн оҕолору иитиспит.

Лойут кыра дьону аһынар буолан, дьадаҥы ыалларга бойум аһы бэрсэрэ уонна ол иннигэр тугу да кинилэртэн ылбата үһү. Лойут олоҕуттан икки көстөөх сиргэ Чөмчөрдүүр Дьөгүөр диэн киһиргэс, күүһүмсүйэр киһи баар эбит. Кини кэргэнигэр кыыһырдар эрэ «төбөҕүн хайа тардан аҥаардыам» диэн хаһыытыыра. Ол курдук, атын дьоҥҥо кыыһыран «хайыта тардыам» диэн суоһурҕанара. Биирдэ Ырдьайар Сэмэн диэн чаабый киһи ыйыппыт:

– Дьөгүөр, эн бэрт күүстээххин быһыылаах. Лойуттуун хайаҕыт ордуга буолуой?

Онуоха Чөмчөрдүүр толкуйдуу да барбатах, этэн чабырҕаабыт:

– Хайа, Лойут да оннук улахан күүстээх үһүө? Хаһан эрэ тайах оҕотун сүкпүтүнэн сураҕыран эрдэҕэ.

Ону хойут Ырдьайар Сэмэн Лойуту көрсөн кэпсээбит.

– Хайа, эдэр киһи күүстээх буолумуна, сөпкө эппит. Мин аһыыр аспын эрэ сүгэр киһибин. Кини ордуга чахчы буоллаҕа.

Кини ити кэмҥэ 40-ча саастаах үһү, онон күүһэ-уоҕа мөлтүү илигэ. Биир аарыма буур тайаҕы бултаан баран, көстөн ордук сиргэ сүгэн аҕалан, дьээбэлэнэн, Чөмчөрдүүр аһы уурар араҥаһын үрдүгэр ууран кэбиспит. Дьиэҕэ холкутук хааман киирэн дорооболоспут. Сылайбыт-илистибит көрүҥэ суоҕа, дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй испит. Онтон бүтэн быраһаайдаһан баран тахсаары туран: «Дьөгүөр, эйиэхэ тайах оҕотун бултаан аҕалан араҥаһыҥ үрдүгэр уурдум. Ону түһэрэн сүлүнэн астаныҥ. Эйигин бэрт кыайыгас киһи дииллэр, онон тайах оҕотун кыайбат үһүгүөн!»

Чөмчөрдүүр күүстээххин дэтэн харыс үрдүү түспүт. Аарыма тайаҕы сиргэ түһэрээри туох баар күүһүнэн мөхсө сатаан кэбиспит. Кыайбатах. Кыыһыран-абаккаран ойоҕор үөгүлээбит:

– Аҥааргын хайа тарда иликпинэ, сүгэтэ аҕала оҕус!

– Мэ, миигин эрэ хайа тардар күүстээххин! – ойоҕо дьиэ аанын аһаат, сүгэни таһырдьа кыыраппыт.

VII

Лойут алта уон сааһын ааспытын кэннэ үһүс кэргэнигэр олорбута. Иккис кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ону оччотооҕу ойууттар «оннук-маннык абааһы үөр буолан киирэн сиэтэ» диэн көрүүлэнэллэрэ. Кини ону тоҕо эрэ итэҕэйиэх санаата кэлбэт этэ. Куруутун ыар баттык буолан, иккис кэргэнин өлүүтэ өйүттэн ааспакка муҥнуура. Аанча эдэр сааһыгар аатырбыт үлэһит, дьоҥҥо-киһиэхэ барытыгар аламаҕай санаалаах үтүөкэн дьахтар үһү. Кэрэ бэйэлээх дьахтар икки хонук иһигэр ыалдьан, күн сириттэн өлөн туораабыта. Онно ыксаан, маҥнай улаханнык ыалдьыбытыгар Дуудакаан ойууну ыҥыртарбыттара. Онуоха кэлэн кыыран араастаан дьүһүлэммитэ: «Урукку кэргэниҥ Мачыана эйигин өһүөннээн, үөр буолан кэлэн буулаабыт. Билигин кинини үүрэр кытаанах, арай ити сүүһүгэр туоһахталаах тыһаҕаһы өлөрөн, хаан таһааран алҕаатахха, хайыа эбитэ буолла? Сибилигин тахсан, тус арҕаа хайыһыннаран баран, тыһаҕаһы сүгэнэн охсубакка, быһаҕынан өлөрүҥ! Мин ол кэмҥэ үөр буолбут үлүгэрдээх абааһыны үтэйэн көрүөм», – диэбитэ. Лойут быраатын уолун кытта тахсан тыһаҕаһы, ойуун эппитин курдук, силигин ситэрэн хабарҕатын быһаҕынан быһан өлөрбүттэрэ. Ойуун сарсыарда тыһаҕас аҥаарын соболоҥор ылан, тиэнэн дьиэтигэр айаннаабыта. Оттон Аанча ойуун барарын кытта сотору өлбүтэ. Лойут олус хомойбута уонна иһигэр элбэҕи эргитэ санаабыта. «Маҥнайгы кэргэним Мачыана өстөһүө суохтаах. Кини өлүөн аҕай иннинэ ис дууһабытын аһан, дуоһуйа кэпсэппиппит. Хайаан, өлөн баран, өстөһөн өс аахса сылдьыай?.. Аны Дуудакаан албыннаан көрүүлэммитэ буолаарай? Кэнники, хаһан эмэ, билиэм буоллаҕа». Кини сотору 40-ча саастаах Дьэбдьиэй диэн соҕотох дьахтары кэргэн ылбыта. Кинилэр санаалара табыллан, эмиэ эйэлээхтик олорбуттара. Ити кэргэнин кытта хас да сыл олорон баран, биирдэ, өйдөөн кэлэн, «бэйи, Дуудакаан хайдах ойуунун билиэм, сымыйанан ойууннаабыт буоллаҕына, кэһэтиэм» диэн, кимиэхэ да эппэккэ, бэйэтин ис санаатын толорорго былааннаммыта.